Страница 12 из 22
23 Кинини билбэтэх, тоҕо диэтэххэ илиитэ — убайа Эсав илиитин курдук түүлээх эбит, онон кинини алҕаабыт. 24Эппит: «Эн, уолум, Эсавкын дуо?» Кини: «Мин», — диэ-бит. 25 Онуоха: «Эйигин алгыахпын, уолум булдуттан сиэм этэ, ылан кулу», — диэбит. Йааков аҕатыгар ууммутун аҕата сиэбит, арыгы аҕалбытын испит. 26Аҕата Йицхаак киниэхэ эппит: «Чугаһаа, эрэ, тоойуом, миигин сыллаа». 27Кини чугаһаан аҕатын сыллаабыт. Онуоха аҕата кини танаһын сытын ылбыт уонна кинини алҕаабыт. Итиэннэ: «Уолум сыта —
Айыы Тойон алҕаабыт толоонун курдук», — диэбит, —
28 «Таҥара эйиэхэ —
Халлаан сиигиттэн,
Сир сүмэтиттэн өлгөм үүнүүнү,
элбэх арыгыны биэрдин!
29 Эйиэхэ норуоттар хамначчыт буоллуннар, уустарыҥ сүгүрүйдүннэр!
Инилэргэр тойон буол!
Эн норуотуҥ уолаттара эйиэхэ сүгүрүйдүннэр! Эйигин кыраабыт кыраннын!
Эйигин алҕаабыт алҕаннын!»
30Йицхаак Йааковы алҕаан бүппүтүгэр Йааков аҕатыт-тан тахсан бараатын, убайа Эсав бултаан кэлбит. 31 Кини эмиэ амтаннаах аһылык бэлэмнээн баран аҕатыгар ил-дьибит уонна киниэхэ: «Аҕаа, туран уолуҥ булдуттан сиэ, онтон миигин алҕаар», — диэбит. 32Онуоха аҕата Йицхаак киниэхэ: «Эн кимҥиний?»- диэбит. Кини: «Мин, эн улахан уолуҥ, Эсавпын», — диэбит. 33 Онуоха Йиц-хаак олус улаханнык соһуйан дьигиһийэ түспүт уонна: «Оччоҕо ким этэй, миэхэ булт бултаан аҕалбыт? Мин ону барытын сиэбитим уонна эн кэлиэҥ иннинэ кинини ал-ҕаабытым. Онон кини алҕанна». 34 Эсав аҕатын тылларын истээт, сүрдээх улаханнык абатыйар хаһыытын түһэрбит, итиэннэ аҕатыгар: «Аҕаа, миигин эмиэ алҕаа», — диэ-бит. 35Онуоха кини эппит: «Иниҥ албыннаан киирэн эн алгыскын ылла». 36Эсав эппит: «Ол иһин кини аата Йааков — тилэхтэн харбыыр диэн суолталаах буоллаҕа, мин иккитэ тилэхпиттэн харбаттым: бастакы оҕо буолбут ааппын былдьаата, онтон аны алгыспын ылла. Ама, миэхэ алгыс хаалларбатыҥ дуо?» — диэн ыйыппыт. 37Йицхаак Эсавка хоруйдаан эппит: «Мин кинини эйиэхэ тойонунан анаатым, аймахтарын барытын киниэхэ хамначчыттата биэрдим, ас да, арыгы да барыта кини дьаһалыгар киир-дэ. Ити кэннэ эйиэхэ тугу биэриэмий, тоойуом?» 38 Эсав аҕатыгар: «Аҕаа, эйиэхэ соҕотох эрэ алгыс баар дуо, ама? Миигин эмиэ алҕаа, аҕаа», — диэбит уонна Эсав ытаан тоҕу барбыт. 39Аҕата Йицхаак киниэхэ хоруйдаан эппит:
«Дьэ, эн олохсуйар дойдуҥ өҥ сиртэн тэйиччи буолуоҕа, халлаантан таммах да түһүө суоҕа.
40 эн кылыскынан олоруоҥ, инигэр хамначчыт буолуоҥ. арай, кэмэ кэллэҕинэ көҥүл барыаҥ, моойгуттан бурҕалдьытын киэр илгиэҥ».
41Аҕата Йааковы алҕаабытыттан, Эсав киниэхэ өстүй-бүт. Эсав «аҕам өлөрө чугаһаата, онон инибин Йааковы өлөрүөм» диэн иһигэр санаабыт. 42 Ривекаҕа улахан уолун Эсав тылларын тиэрпиттэр. Кини кыра уолун Йааковы ыҥыртаран ылбыт, уонна киниэхэ эппит: «Дьэ, убайыҥ Эсав иэстэһэн эйигин өлөрөөрү гынар. 43Билигин, уол-чааныам, мин этэрбин иһит. Мин убайбар Лавааҥҥа куот, Харааҥҥа. 44Кинилиин аҕыйах күн олоро түс, убайыҥ кыыһырбыта ааһыар диэри, 45эйиэхэ уордайбыта уҕары-йыар диэри. Эн киниэхэ оҥорбуккун умнуоҕа, оччоҕо мин эйигин онтон ыҥыртара ыытыам. Туох иһин мин биир күн иһигэр икки оҕобуттан биирдэ матыахпыный». 46Оттон Йицхаакка Ривека: «Ити, хет кыргыттарыттан сылтаан олоҕум да олох буолбатах: арай, Йааков эмиэ хет кыргыттарыттан, бу дойду кыргыттарыттан ойох ыллын? Оччоҕо олорон да диэн», — диэбит.
28
1 Йицхаак Йааковы ыҥырбыт уонна алҕаабыт. Итиэннэ киниэхэ: «Ханаан кыргыттарыттан ойох ылаайаҕын», — диэн кэс тылын эппит. 2 «Оттон билигин Падаан-Араамҥа ийэҥ аҕатын Бэтуэль дьиэтигэр тиий. Уонна онтон бэйэҕэр ийэҥ убайын Лаваан кыргыттарыт-тан ойохто ыл. 3Модун Таҥара эйигин алҕаан ууһаттын уонна үксэттин. Эйигиттэн норуоттар хаҥыы турдуннар. 4Таҥара Авраһаамҥа биэрбит сирин, эн хонор хоноһо буола сылдьыбыт сиргин эн баһылыырыҥ туһугар Таҥара
Авраһаамна биэрбит алгыһын эйиэхэ уонна эн ыччаккар биэриэҕэ», — диэбит.
5 Йицхаак Йааковы ыыппыт. Онуоха кини Падаан-Араам-на Йааков уонна Эсав ийэтин Ривека убайыгар, араам киһитин Бэтуэль уолугар Лаваанна барбыт. 6Йицхаак Йааковы алҕыырын уонна кинини Падаан-Араамтан ойох ыллын диэн онно ыыппытын уонна киниэхэ «Ханаан кыргыттарыттан ойох ылыма» диэн кэс тылын эппитин Эсав билбит. 7Йааков аҕалаах ийэтин истибит уонна Падаан-Араамна барбыт. 8Аҕата Йицхаак Ханаан кыр-гыттарын иһигэр киллэрбэтин Эсав билбит. 9Онон кини Йишмаэльга тиийбит уонна Авраһаам уолун Йишмаэль кыыһын, Невайот балтын Махалааты ойохторугар эбии ойох ылбыт.
10Йааков Беэр Шеваттан тахсан Хараанна барбыт. пКүн киирэн, кини аара биир сиргэ хоно хаалбыт. Кини ол сир тааһын ылан төбөтүн анныгар ууруммут уонна онно сыппыт. 12Кини түүл түһээбит: арай, сиртэн халлаанна тиийэр кирилиэс тардыллан турар эбит. Ол устун арай Танара аанньаллара үөһэ тахсаллар, аллара түһэллэр эбит. 13Арай ол үрдүгэр Айыы Тойон турар эбит. Уон-на эппит: «Мин— Айыы Тойоммун, эн аҕан Авраһаам Танаратабын, Йицхаак Танаратабын. Бу — эн сытар сир-гин эйиэхэ уонна эн ыччаккар биэрэбин. 14 Эн ыччатын буор бытархайын курдук элбиэҕэ, эн удьуордарын арҕаа, илин, хоту уонна соҕуруу диэки тэнийиэхтэрэ. Эйигинэн уонна эн ыччаккынан сир-дойду уустара алҕаныахтара. 15 Эн ханна сылдьаргар барытыгар эйигинниин буолуом, эйигин араначчылыам уонна бу сиргэ төннөрүөм. Эйиэхэ эппиппин толоруохпар диэри эйигин хаалларыам суоҕа». 16Йааков уһуктан кэлбит уонна: «Чахчы даҕаны бу сир-гэ Айыы Тойон баар эбит, мин билбэтэхпин», — диэбит. 17Куттаммыт: «Тугун сүрэй манна? Бу чахчы даҕаны Танара дьиэтэ, халлаан аартыга буолбаат!» — диэбит. 18Йааков сарсыарда эрдэ туран били төбөтүн анныгар сыттаммыт тааһынан ылан ытык тааһы туруорбут уонна үрдүгэр олива арыытын куппут. 19Уонна ол сири Бэт Эль ол аата Таҥара Дьиэтэ диэн ааттаабыт. Ол иннинэ бу куорат Лууз диэн ааттааҕа үһү.
20Йааков андаҕар эппит: «Өскөтүн Таҥара миигин кытта буоллаҕына уонна бу айаммын араҥаччылаатаҕына, миэхэ ас-таҥас биэрдэҕинэ,
21 мин аҕам дьиэтигэр этэҥҥэ төнүннэхпинэ, Айыы Тойон мин Таҥарам буолуоҕа, 22 бу ытык тааһым миэхэ Таҥара Дьиэтэ буолуоҕа. Итиэннэ эн миэхэ тугу биэрэргиттэн барытыттан уон гыммытын эйиэхэ өлүүлүөм«.
29
Йааков салгыы барбыт. Илиҥҥи дьон сиригэр тиийбит, 2 көрбүтэ: арай, толооҥҥо холуодьас баар эбит, оттон ол аттыгар кыра сүөһү үс үөрэ сытар эбит, тоҕо диэтэххэ, ол холуодьастан сүөһүнү уулаталлар эбит. Оттон холуодьас айаҕар улахан таас сытар эбит. 3 Онно сүөһү үөрэ барыта муһуннаҕына, маныыһыттар ол таа-һы холуодьас үрдүттэн түһэрэллэр эбит уонна сүөһүнү уулатан баран ол тааһы төттөрү оннугар, холуодьас айаҕар уураллар эбит. 4Йааков кинилэртэн ыйыппыт: «Убайдарыам, хантан сылдьаҕыт?» Ону кинилэр: «Биһиги Хараантан», — диэбиттэр. 5Кини: «Эһиги Нахуор уола Лавааны билэҕит дуо?» — диэн ыйыппытыгар, кинилэр: «Билэбит», — диэбиттэр. 6Кини буоллаҕына: «Этэҥҥэ дуо, кини», — диэн ыйыппытыгар, анарааҥҥылара: «Этэҥҥэ, бу кыыһа Рахель сүөһүтүн үөрүн кытта иһэр», — диэбит-тэр. 7Йааков: «Күн өссө да уһун, сүөһүнү мунньар кэм буолбатах. Сүөһүлэргитин уулатыҥ уонна баран мэччи-тиҥ», — диэбит. 8 Кинилэр эппиттэр: «Сүөһү үөрэ барыта мустуор диэри сатаммат. Тааһы холуодьас айаҕыттан тү-һэрдэхтэринэ, сүөһүнү уулатыахпыт». 9Кинилэр кэпсэтэ турдахтарына, Рахель аҕатын барааннарын үөрүн илдьэ кэлбит, кини маныыһыт эбит. 10Йааков ийэтин убайа Лаваан кыыһын Рахели уонна ийэтин инитэ Лаваан сүө-һүлэрин көрөн, холуодьас айаҕыттан били тааһы түһэрбит уонна ийэтин убайын Лаваан барааннарын уулаппыт.
пЙааков Рахели сыллаан ылбыт уонна ытаан тоҕу бар-быт. 12Йааков Рахельга аҕатын аймаҕа уонна Ривека уола буоларын эппит. Оттон Рахель сүүрэн тиийэн аҕатыгар кэпсээбит. 13 Лаваан балтын уола Йааков кэлбитин истэн, кинини көрсө охсон, ыга кууспут, сыллаабыт уонна дьиэ-тигэр киллэрбит. Онуоха кини Лавааҥҥа маны барытын саас-сааһынан кэпсээбит. 14Лаваан Йааковка: «Эн — чахчы мин аймаҕым буолаҕын: мин уҥуоҕум уҥуохтааххын, мин этим эттээххин», — диэбит. Йааков киниэхэ ый устата олорбут. 15Лаваан Йааковка: «Ама да аймаҕым буолбутуҥ иһин, босхо үлэлиэҥ дуо? Үлэҥ иһин тугу эрэйэргин эт», — диэбит. 16Лаваан икки кыыстаах эбит: улахана Лия диэн ааттаах, кырата — Рахель диэн эбиттэр. 17Лия хараҕынан мөлтөх эбит, оттон Рахель быһыытынан-таһаатынан да, дьүһүнүнэн да кэрэ эбит. 18Йааков Рахели таптаабыт, онон эппит: «Сэттэ сыл эн кыра кыыһыҥ Рахель туһугар эйиэхэ үлэлиэм». 19Онуоха Лаваан: «Сөп, атын киһиэхэ биэриэм оннугар кинини эйиэхэ биэриэм, биһиэхэ хаал», — диэ-бит. 20Йааков Рахель туһугар сэттэ сыл үлэлээбит. Ол киниэхэ, Рахели таптыыра бэрдиттэн, аҕыйах күн кэриэтэ ааспыт. 21Онуоха Йааков Лавааҥҥа: «Ойохпун аҕал, бол-дьоҕо туолла, киниэхэ киириэм этэ», — диэбит. 22Лаваан дьонун-сэргэтин мунньан малааһын оҥорбут. 23Киэһэ буолбутугар кини кыыһын Лияны ылбыт уонна Йааковка илпит, Йааков киниэхэ киирбит. 24Лаваан кыыһыгар Лияҕа бэйэтин кулут дьахтарын Зилфааны кулуттата биэрбит.