Страница 13 из 22
25Йааков сарсыарда көрбүтэ: арай, аттыгар Лия сытар эбит. Кини Лавааҥҥа: «Тоҕо итинник гынныҥ? Ама, мин эйиэхэ Рахель туһугар үлэлээбэтэҕим дуо? Тоҕо миигин албыннаатыҥ?»— диэбит. 26Лаваан: «Биһиги дойдубу-тугар маннык гымматтар: улаханы ойох биэриэх иннинэ кыраны биэрбэттэр, 27уруу сэттэ күнэ аастын, оччоҕо кинини эмиэ биэриэхпит, ол туһугар миэхэ өссө сэттэ сыл үлэлиэҕиҥ», — диэбит. 28 Йааков уруу сэттэ күнэ ааһарын кэтэспит. Онуоха Лаваан кыыһын Рахели ойох биэрбит.
29Лаваан кыыһыгар Рахельга бэйэтин кулут дьахтарын Билхааны кулуттата биэрбит. 30Йааков Рахельга киирбит, кини Рахели Лиятааҕар ордук таптаабыт, онон Лаваанна өссө сэттэ сыл үлэлээбит. 31 Айыы Тойон Лия көйгөтүллэ сылдьарын көрбүт уонна кини киэлитин арыйбыт, оттон Рахель төрөөбөт төлкөлөммүт. 32 Лия хат буолбут, онтон уол оҕону төрөппүт. Оҕотун Реувен диэн ааттаабыт. Тоҕо диэтэххэ, кини: «Айыы Тойон мин эрэйбин көрдө, эрим дьэ таптыаҕа», — диэбит. 33Кини өссө хат буолбут уонна уол оҕону төрөппүт: «Айыы Тойон мин сириллэ сылдьарбын истэн бу миэхэ өссө оҕо биэрдэ», — диэбит уонна оҕотун Шимеон диэн ааттаабыт. 34Онтон өссө хат буолан уол оҕону төрөппүт уонна: «Билигин баҕас, эрим миэхэ дьэ сыстар ини: мин киниэхэ үс уолу төрөттүм«, — диэбит. Ол иһин кинини Левий диэн ааттаабыт. 35Өссө хат буо-лан уолу төрөппүт уонна: «Дьэ билигин Айыы Тойону айхаллыыбын», — диэбит. Ол иһин уолун Йехуда диэн ааттаабыт. Ол кэннэ төрөөн бүппүт.
30
Рахель Йааковка сатаан оҕоломмотун билэн V/ эдьиийигэр күнүүлээбит. Кини Йааковка: «Миэхэ оҕото биэр, эбэтэр мин өлүөм», — диэбит. 2 Йааков Рахель-га кыыһырбыт уонна: «Мин эйиэхэ Танара үһүбүн дуо, оҕо биэрэр?» — диэбит. 3 Рахель эппит: «Ити мин кулутум Билхаа баар, киниэхэ киир. Мин кини көмөтүнэн оҕо-лонорум туһугар, кини мин түһэхпэр төрөөтүн». 4Кини кулутун Билхааны эригэр кэргэн биэрбит, онуоха Йаа-ков киниэхэ киирбит. 5Билхаа хат буолбут, Йааковка уол оҕону төрөппүт. 6Рахель эппит: «Танара миигин өй-дөөтө-дьүүллээтэ, мин этэрбин истэн, миэхэ уол оҕону биэрдэ», — диэбит, ол иһин уолун Даан диэн ааттаабыт. 7Рахель кулута Билхаа хат буолбут, Йааковка иккис уолу төрөппүт. 8Онуоха Рахель: «Эдьиийбин кытта Танара күрэҕэр күрэстэстим уонна хоттум», — диэбит уонна уолун Нафталии диэн ааттаабыт. 9Лия төрөөн бүппүтүн билбит уонна кулут дьахтарын Зилфааны ылан Йааковка кэргэн биэрбит. 10Лия кулута Зилфаа хат буолбут уон-на Йааковка уол оҕону төрөппүт. пОнуоха Лия: «Соргу тосхойдо!»— диэбит уонна уолун Гаад [ол аата Соргу] диэн ааттаабыт. 12Лия кулута Зилфаа Йааковка иккис оҕотун төрөппүт. 13Онуоха Лия: «Аата, дьоллоннохпуон, миигин дьахталлар дьоллоох диэхтэрэ», — диэбит, уон-на уолун Ашер [ол аата Дьол] диэн ааттаабыт. 14Реувен сэлиэһинэй хомуурун саҕана хонууга барбыт, онно оҕо үөскүүрүн көҕүтэр мандрагора диэн үүнээйини булбут. Ону ийэтигэр Лияҕа аҕалбыт.
Рахель эдьиийигэр Лияҕа: «Уолуҥ булбут үүнээйитин миэхэ биэр», — диэбит. 15Лия Рахельга: «Мин эрбин ылбытыҥ кыра дуо? Аны мин уолум булбут үүнээйитигэр ымсыырдыҥ дуо?» — диэбит. Онуоха Рахель: «Оччоҕо эн уолуҥ үүнээйитин оннугар, эрим бу түүн эйигинниин сыттын», — диэбит. 16Йааков киэһэ хонууттан кэлбит. Лия киниэхэ утары тахсан: «Миэхэ киир, мин эйигин уолум булбут отонноругар атастас-тым», — диэбит. Ол түүн кини Лиялыын хоммут. 17Таҥара Лияны истибит: кини хат буолбут, Йааковка бэһис уолун төрөппүт. 18 Лия: «Ити мин кулут дьахтарбын эрбэр биэр-битим иһин Таҥара миигин манньалаата», — диэбит, онон уолун Иссахаар [Манньа] диэн ааттаабыт. 19Лия өссө хат буолбут, уонна Йааковка алтыс оҕотун төрөппүт. 20Лия эппит: «Таҥара миэхэ үтүө бэлэҕи биэрдэ — эрим миигин өрө тутуоҕа, тоҕо диэтэххэ, мин киниэхэ алта уолу төрөттүм», — диэбит уонна уолун Зевулон [Өрө ту-туу] диэн ааттаабыт. 21 Ол кэннэ кыыс оҕоломмут уонна Дина диэн ааттаабыт. 22Онтон Таҥара Рахели санаа-быт. Таҥара кинини истибит уонна төрүүр төлкөлөөбүт. 23Кини хат буолан уол оҕону төрөппүт уонна: «Таҥара миигин сааттан-сууттан босхолоото», — диэбит. 24Кини уолун Йосеф [Эбиллии] диэн ааттаабыт уонна: «Айыы Тойон миэхэ эбии уолла биэрдэр», — диэбит. 25Рахель Йосебы төрөппүтүгэр, Йааков Лавааҥҥа эппит: «Дойду-бар барарбын көҥүллээ. 26Эйиэхэ үлэлээбит манньабар ойохторбун уонна оҕолорбун биэр.
Мин эйиэхэ хайдах үлэлээбиппин билэҕин». 27Киниэхэ Лаваан эппит: «Бука диэн болҕойон истэриҥ буоллар, эн баар буолаҥҥын байдым уонна Айыы Тойонтон алҕанным». 28Итиэннэ кини: «Төһө төлөбүрү көрдүүргүн биэриэм», — диэбит. 29Киниэхэ Йааков эппит: «Мин эйиэхэ хайдах үлэлээ-биппин уонна мин баарбына эн сүөһүҥ туруга хайдаҕын билэҕин. 30Мин иннибинэ аҕыйах этэ, онтон үксээбитэ. Мин кэлэммин, эйигин Айыы Тойон алҕаата. Бэйэм уус-пар хаһан маннык үлэлиибин?» 31 Онуоха Лаваан киниэхэ: «Тугу биэрэбин эйиэхэ», — диэбит. Йааков: «Миэхэ тугу да биэримэ. Арай, өскөтүн мин этэрбин толордохху-на, мин эмиэ эн барааннаргын мэччиппитим курдук мэччитиэм, манаабытым курдук маныам. 32Мин бүгүн сүөһүҥ үөрүн баран кэрийэрбин көҥүллээ. Эн тыһы ба-рааннартан толбонноохторун уонна эриэннэрин барытын итиэннэ хара дьүһүннээх атыыр барааннары, атыыр, ты-һы козалартан эриэннэрин уонна толбонноохторун ылан туспа араар. Ол — миэхэ төлөбүрүҥ буолуоҕа. 33Мантан инньэ эйиэхэ бэйэм оннугар үтүө суобаһым хоруйдуоҕа. Ол курдук өскөтүн бэлиэтэ, эриэнэ суох козалар уонна хараттан ураты дьүһүннээх сүөһү баарын көрдөххүнэ: «Кини миигиттэн уорбут диэр», — диэбит. 34Лаваан эппит: «Сөп, эн эппитиҥ курдук буоллун». 35Итиэннэ ол күн кини эриэн-дьураа уонна эбирдээх козалары, тол-бонноохтору уонна маҥан эбирдээхтэри, ону тэҥэ хара барааннары барытын туспа арааран ылан уолаттарыгар маната биэрбит.
36Бэйэтин уонна Йааков икки ардыгар үс күннүктээх суолу олохтообут. Йааков Лавааҥҥа хаал-быт сүөһүнү көрбүт. 37Йааков тэтиҥи, эриэхэлээх маһы уонна эрмон диэн бөдөҥ сэбирдэхтээх маһы ылан, мас этэ маҥхайан көстүөр диэри үрүҥ субаларын сулуйа хастаабыт. 38Сулуллубут субалаах мастары, уу иһээри кэлбит сүөһүлэр көрдүннэр диэн уулуур хоруудалар ин-нилэригэр уурталаабыт. Онно уулуу кэлбит сүөһү буоһуур сирэ эбит. 39Сүөһү эриэн мас иннигэр буоһуур буолан, эриэн-дьураа, бэлиэлээх сүөһү үөскүүр буолбут. 40Йаа-ков ол барааннары арааран, Лаваанна баар эриэн уонна хара сүөһүлэрин иннигэр туруортаабыт. Кини бэйэтин үөрүн, Лаваан сүөһүтүн кытта буолбакка, туспа тутар эбит. 41Бөҕө-таҕа сүөһү буоһууругар анаан, Йааков онно эриэн лабаалары, сүөһү көрөрүн гына, хорууда иннигэр уурталыыр эбит. 42 Оттон мөлтөх сүөһү буоһууругар уур-бат эбит. Оччоҕо мөлтөх сүөһү Лаваанна, күүстээх сүөһү Йааковка тиксэр эбит. 43Дьэ бу киһи инньэ гынан тиэрэ байбыт: сүөһүтүн үөрэ ханаабыт, кулуттара диэн, хам-наччыт дьахталлара диэн, тэбиэннэрэ диэн, өсүөллэрэ диэн.
31
1 Лаваан уолаттара: «Аҕабыт баарын барытын Йаа-X ков ылла. Ити баайын-дуолун барытын биһиги аҕабытыттан оноһунна», — дииллэрин Йааков истибит. 2 Лаваан киниэхэ сыһыана уруккутунааҕар уларыйбытын, Йааков кини сирэйиттэн-хараҕыттан көрөн билбит. 3 Айыы Тойон Йааковка эппит: «Төрөөбүт дойдугар, урууларгар төнүн. Мин эйигин кытта буолуом». 4Йааков онуоха, сүөһүлэрэ мэччийэр хонууларыгар, Рахели уонна Лия-ны ыныттара ыыппыт. 5Кинилэргэ эппит: «Эһиги аҕаҕыт миэхэ сыһыана уруккутунааҕар тосту уларыйбыт, ол эрэн аҕам Танарата миигин кытта баар. 6Эһиги аҕаҕы-тыгар мин хайдахтаах курдук кыһаллан үлэлээбиппин билэҕит. 7Оттон эһиги аҕаҕыт миигин албынныыр: үлэм иһин үлэхтээх төлөбүрүн уончата уларытта. Ол эрэн миэхэ өһүөннэниэҕин, Танара боппута. 8Өскөтүн кини: «Эн төлөбүрүн бэлиэлээхтэр буоллуннар», — диэтэҕинэ, сүөһү барыта бэлиэлээх буолан төрүүрэ, оттон «эриэн сүөһү эйиэхэ төлөбүр буоллун» диэтэҕинэ, сүөһү барыта эриэн буолан төрүүрэ. 9Танара итинник гынан, эһиги аҕаҕыт сүөһүлэрин ылан миэхэ биэрбитэ.
10Биирдэ, сүөһү буоһуур кэмигэр түүл түһээн көр-бүтүм: арай, козалары сабар козеллар бары эриэннэр, бэлиэлээхтэр уонна ала эриэннэр эбит. 11 Онуоха түүлбэр Таҥара Аанньала: «Йааков», — диэн ыҥырда. Мин: «Бу баарбын», — диэтим. 12«Дьэ, ити көр, козалары сабар ко-зеллар бары эриэннэр, бэлиэлээхтэр уонна ала эриэннэр. Лаваан эйиэхэ тугу оҥорорун барытын көрөбүн, 13мин Бэт Эль Таҥаратабын. Эн онно ытык тааска арыы кутан миэхэ андаҕайбытыҥ. Билигин буоллаҕына тур уонна бу сиртэн бар, төрөөбүт дойдугар төнүн», — диэбитэ. 14Рахель уонна Лия киниэхэ хоруйдаан эппиттэр: «Ама, аны кэлэн аҕабыт дьиэтин баайын-дуолун, нэһилиэсти-бэтин бас билэр үһүбүт дуо?» 15Кини биһигини туора дьон курдук көрөр, тоҕо диэтэххэ биһигини атыылаабы-та, ол төлөбүрүн бэйэтигэр иҥэриммитэ. 16Онон, Таҥара биһиги аҕабытыттан былдьаабыт баайа биһиэнэ уонна биһиги оҕолорбут киэнэ. Оттон эн билигин Таҥара этэ-рин оҥор». 17Йааков туран оҕолорун уонна ойохторун тэбиэннэргэ мэҥэһиннэрбит. 18 Сүөһүтүн барытын үүрэн, Падаан-Араамҥа бас билбит малын барытын ылан Ханаан сиригэр аҕатыгар Йицхаакка барбыт. 19Оттон Лаваан барааннарын кырыйтара барбыт, онон туһанан, Рахель аҕатын үҥэр таҥараларын эмэгэттэрин уоран илдьэ барбыт. 20Йааков араам киһитин Лавааны албыннаабыт: киниэхэ тугу да эппэккэ күрээбит. 21Туох баарын барытын илдьэ күрээбит. Өрүһү туораан баран Гилаад хайатын дабайбыт.